ØСэтинньи 13 кунугэр Дойду урдунэн “Утуе санаа” кунунэн биллэриллибитэ. Бу куннэ анаан биьиги “Чуораанчык” уьуйаан улэьиттэрэ “Утуе санаа долбуура” акцияны тэрийэн ыытта. Улэьиттэр уьуйаанна сылдьар элбэх о5олоох ыалга, кырачаан дьоннорго, ону тэнэ ийэлэргэ, а5аларга септеех танас арааьын мунньан босхо ууннубут. Элбэх о5олоох ыалларбыт уерэ – кете, махтал истин тыллардаах кемелтебутун ыллылар. Маннык тэрээьиннэр хас биирдии тэрилтэ5э, утуе угэскэ кубулуйан, ыытылла тураллара буоллар билинни ас – танас ыарахан кэмигэр теьелеех кеме буолуох этэй.
Сэтинньи 14 кунугэр нэьилиэкпитигэр республика5а социальнай эйгэ аранатын барытын хабан сырдатар “Арчы хаьыат редакцията: хаьыат редактора Александр Иванович Веревкин, суруналыыс Екатерина Бястинова, редакция корректора М.Ф. Лыткина ыалдьыттаатылар. Ураты куну тэрийэн, истин аа5ааччыларын кытта керсуьэн, дуоьуйа кэпсэтэн, куннээ5и олох хаамыытын, дьон санаатын истэн аьа5ас кэпсэтиини ыытан бардылар. Кыайыы 75 сылыгар аналлаах Ветераннарга сурутуу акция5а “Помоги ветерану, подпиши на газету “Арчы” биьиги детсадпыт туора турбакка бэйэбит ветераммытыгар Зырянова Матрена Павловна5а сыл анаардаах босхо сурутуу онорон бэлэх ууннубут. Быйыл бэс ыйыгар ыытыллыбыт тэрээьиннэ ветераммытыгар Новгородова Антонина Ивановна5а босхо сурутуу онорбуппут.